Сайсары к??лгэ т?бэлтэ
Шрифт:
Аан дойду аатырбыт араас боксердарын сурунаалтан кырыллыбыт ??н??х мэтириэттэрин, охсу?а, охто сытар т?гэннэрин бы?ан лабах курдук сы?ыарыллыбыт эркинин анныгар тиийэн, Элиэнэп остуолга олордо, кэннин хайы?а-хайы?а, ону к?р?н хантаары?наата:
– Бу боксаны интэриэ?иргиир ким баарый? Уолгут дуу?
– Эс, суох. Хамсыайап тойон, – диэтэ онуоха дьахтар. – Бытыгын бы?а ?кт??р диэри ?йд?мм?т, ити охсу?ууларынан иирэн бараары гынар. Сорох к?н, тэлэбиисэргэ ити охсу?ууларын к?рд?рд?хт?р?нэ, т??ннэри
«К?л?б?рэтэн т??эн, са?аран баран т?нн??р диэбит т??тэлэрэ бы?ыылааххын» дии санаата Элиэнэп.
Т?гэх хостон Стивенсон боксер уру?уйдаах футболканы тиирэ кэппит, батта?а кырымахтанан эрэр киппэ ки?и тахсыбытыгар, Хамсеев буолла?а диэн сэрэйдэ: «бокс диэн баран муннукка ытаабыт ки?и эбит, бэл, кэтэ сылдьар та?астыын бокса?а сы?ыаннаах…»
Элиэнэп дьиэлээх ки?и мастыы кытаанах кэтит баппа?айын тутта: «боксаны сэ?ээриэххин сэ?ээрэр ки?и эбиккин ээ» диэн толкуй кыламнаан ааста.
– Элиэнэп, силиэдэбэтэлбин…
– Хамсеев…
– Мин туох дьыала?а кэлбиппин сэрэйэр буолуохтааххын. Эн ыалы? уонна алтынньы отут биирис к?н?гэр киэ?э бииргэ а?аабыт ки?и? Давыдов ки?ини ?л?р??гэ буруйданар, онон та?ын уонна билигин Давыдов дьиэтигэр тахсыахха, кэпсэтиэхпит…
– Ычча да, онно, оттуллубакка турар то? ха?аа дьиэ?э, то?о та?ыстыбыт, манна кэпсэппэккэ, итиэннэ ол дьиэ?итин дьэ?дьийэн баран, милииссийэлэр бэчээттээн барбыттара…
«Манна эн с?г?н доппуруостатары? биллибэт» диэн Элиэнэп санаата, итиэннэ дьахтар умайыктанарын истибэтэх курдук дьиэлээ?и тиэтэттэ:
– Чэ, тахсыахха…
Аан диэки баран эрдэ?инэ, дьахтар кэнниттэн баты?ан и?эн, албынна?ардыы са?ара хаалла:
– Табаарыс силиэдэбэтэл, ити эрээри бу дьыала?а мин о?онньорум чооруос тумсун да са?а кыттыга?а суох, кини сытар ына?ы туруорбат сымна?ас му?наах ээ, ол к?н ки?ини кытта охсу?уохтаа?ар буолуох, букатын ата?ар нэ?иилэ уйуттар ?л?р итирик ки?и кэлбитэ… Анараа Дабыыдап да уол илэтигэр к?н?, сайа?ас майгылаах о?о ээ, итирдэ?инэ иирэн эрдэ?э. Оо, аат а?а, хас-хас хаарыан бэйэлээхтэри умса уура?ын…
Ыаллыылар олбуор хапта?ынын к?т?р? тардан бы?а сылдьы?аллар эбит. Давыдов дьиэтин ааныгар бэчээти силиэдэбэтэл тарба?ын т?б?т?нэн бигээтэ, онтон то?о тарта. К?л???? а?ан и?ирдьэ киирдилэр, уорастыйбыт салгын дьар гына охсулунна. Дьиэ ортотугар хапта?ын быы?ы а?аардаан улахан халаа?ка о?охтоох, ол илин ?тт? а?ыыр сир, кэннэ – утуйар хос эбит. Куукуна?а а?аар ата?а туллан эрки??э сы?ыары анньыллыбыт дьоодьойбут остуол ?рд?гэр, т?гэх хоско утуйар та?ас т?б?т?гэр ч?м?чч? хомуллубут оронун анныгар – кураанах бытыылкалар.
Дьиэ дьыбарсыйбыта с?рдээх, кырдьык, ки?и у?уннук тулуйан олоруо суох…
– Эн боксаны сэ?ээрэр бы?ыылааххын, ээ? – Захар Захарович куукуна?а киирэн, санныгар саба быра?ыммыт истээх сонун кичэйэ-кичэйэ б?р?нэ тардынар.
Ки?итэ боппуруос со?уччута бэрдиттэн мух-мах буолла, онтон:
– Ээ, – диэтэ.
– Мин эмиэ эдэрбэр таптыырым. Республика?а уолаттарга киирэн оонньоон турардаахпын – оскуола?а сылдьан.
– Ээй, – Хамсеев сирэйэ-хара?а сэргэхсийэргэ дылы буолла. – Ха?ыс разрядтаах этигиний?
– Бастакы. Эн оонньууру? дуо?
– Ханнык эмэтик, би?иги са?ана сайдыы да суо?а бэрдэ, ?гэннээн ???с разряды толороллоро…
– Оннук буолумуна. Дьэ, дьыалабытыгар киириэххэ, эн миэхэ, ба?аалыста, алтынньы 31 к?н?гэр Давыдовтыын хайдах а?аабыккын, тугу кэпсэппиккин си?илии кэпсээ эрэ.
Хамсеев таптыыр боппуруо?уттан курус кэпсэтиигэ т?нн?н ?р? тыынна уонна Давыдов силиэстийэ?э к?рд?рб?т?н ??т-?кч? кэпсээтэ.
– Александрова киниэхэ урут сылдьарын билэри? дуо?
– Суох.
– Кинини ити к?н аан ма?най к?рд???? дии?
– Ээ.
– Александровалаах Давыдов кыы?ырсар этилэр дуо? Уопсайынан, тугу кэпсэппиттэрэй, си?илии сэ?эргээ.
– Кыы?ырсыы суо?а. Кини кэлбитигэр Федька… ээй… Давыдов кыбыстыбыт курдуга, «ха?ан кэлли??» диирэ. Кыыс ха?ан эрэ диэбитэ да, ?йд??б?пп?н. Мин ыалдьыкка диэн арыгы куппутум, ону охсу?уннарбыта эрээри, испэтэ?э. Онтон кинилэр барбыттара, мин дьиэбэр тахсыбытым.
– Т????? этэй?
– ?йд??б?пп?н.
– Уонна тугу кэпсэппиккитий?
– Умнубуппун, итирик этим.
– Давыдов дьиэтигэр ханнык бы?ахтардаа?ын билэ?ин дуо?
– Килиэп бы?а?а баара, хара уктаах. Ээ, уонна саха бы?а?а, дойдум ааттаах уу?а охсубута диэн кэпсиир буолара.
– Александрованы атаарарыгар Давыдов бы?ах уктубутун к?рб?т???? дуо?
– Эс, суох, то?о уктуой? Автобус тохтобулугар диэри эрэ атаарбыт буолуохтаах.
– То?о инньэ диигин.
– Бинсээгинэн эрэ барбыта, миигин ?сс? «кэлиэм, к??т» диэбитэ да, эмээхсиммиттэн куттанан…
«Кырдьык да, т????? тар?аспыттарын Хамсеев кэргэниттэн ыйытыахха баар». Силиэдэбэтэл т?гэх хо?у ???йд?, орон ?рд?гэр сурунаал ойуута – Мона Лиза элэктиирдии мичээрдии олорор: «?л?р??хс?т? мин билэбин, эн булуо суоххун, булуо суоххун» диирдии.
Элиэнэп к?хс?н этиттэ, ки?итигэр т?тт?р? эргилиннэ уонна дьаадьайбыт остуолу ыйда:
– Бу остуолга а?аатаххыт дии?
– Ээ.
– Александрова кэлбитин кэннэ ким эмэ т?гэх хоско киирэ сылдьыбыта дуо?
– ?йд??б?пп?н, араа?а, суох. Бэйэм чаа?ым киирбэтэ?им.