Сайсары к??лгэ т?бэлтэ
Шрифт:
Кабинекка уу чуумпу б?р??кээтэ, онтон кэмниэ кэнэ?эс Капитолина титирэс куола?ынан:
– Оок-сиэ, тугун с?рэй… оччо?о кимий… ол ?л?р??хс?т?.. – диэн сипсийдэ.
– Ону били??итэ бы?аара иликпит эрээри, Капитолина, итэ?эй – би?иги ?л?р?? т?бэлтэлэрин барытын кэриэтэ арыйабыт, онон ?л?р??хс?т син биир ханна да куотуо суо?а, булуохпут.
– Даа? – Капитолина сэргэхсийбит к?р??нэннэ. – Оннук эрэ буоллун, э?иэхэ олус эрэнэбин. Оттон билигин?
Захар Захарович бланканы суруйар машинкатыгар кыбытта.
– Капитолина Семеновна, туо?у бы?ыытынан ыйытылларгынан, РСФСР холуобунай кодексатын 181–182 ыстатыйаларынан, сымыйанан к?рд?р?р т?бэлтэ?эр эппиэккэ тардылларгын
– Аата алдьархайын, – дьахтар к?лб?тэ буолла. – Ол мин тугу сымыйалыамый.
– Алтынньы отут биирис к?н?гэр балтыгынаан тугу гыммыккытын, сэ?эргэспиккитин ?сс? биирдэ си?илии, лаппыйан кэпсииргэр к?рд???б?н. Гелена ханна эмэ барардаахпын диирэ дуо? Бу дьыала?а кыттыгастаах буолуо диэн эн кими эмэ уорбалыыгын дуо? Чэ, доп… кэпсэтиибитин са?алыахха. Таак – Александрова Капитолина Семеновна…
– Ээх.
– Ханна т?р??б?кк?н?й?
– Тиксиигэ.
– Аадыры?ы?, бада?а, Дзержинскэй – Лермонтов ыпсыытын диэки олоро?ун дии?
– Ээ, Лермонтов уулусса?а…
– Гелена Салдынтан ха?ан кэлбитэй?
Капитолина толкуйдаан н?р?чч? тутунна. Силиэдэбэтэл кини ытаан кытарбыт хара?ын, кубарыйбыт иэдэстэрин одууласта. «Оо, кыргыттар барахсаттар, – дии санаата. – То?о маннык бэйэлээхтэр дьыл?алара табыллыбатый? Ыал буолбакка эрэ о?оломмуттар, арахсыбыттар, кыы?ынан кырдьыбыттар, кэргэттэрин ыарыыга-о?олго былдьаппыттар, аны холбо?он баран сутуругунан, ха?ыынан кэпсэтиигэ т?бэспиттэр то?о олус элбэхтэрий? Аан дойду кыргыттара бука бары «дьоллоохпун, ол и?ин дьыл?абар махтанабын» диир кэмнэрэ ха?ан кэлиэй?!»
Капитолина тарбахтарын т?б?т?нэн мускуйар былаатын эмиэ хара?ар да?айда.
– Геля уон хонуктаах командировка?а… Дьиэлиэн иннинэ Давыдовы к?рс? барбыта, ол аата алтынньы с??рбэ ???с к?н?гэр кэлбит эбит. Соччо-бачча ханна да сылдьыбат этэ, мин ?лэбэр барарбар, ол аата киэ?э алта-сэттэ чаас диэки, тэрилтэлэри кэрийэн э?иннээн кэлэрэ. Ол кырыыстаах к?н? ?н?р кэпсээбитим, ?сс? хатылыырбар тиийдэ?им дии – суунан, сарсыардаа??ы а?ылыкпытын а?аан баран, Гелялыын кыбартыыраттан тэ??э тахсыбыппыт. Кини министерство?а сылдьыахтаахпын диэбитэ, мин Поярковтаа?ы ас ма?а?ыыныгар тиийбитим. Сымыыт атыылана турара, онно уочараттаан итиэннэ ??т, с??гэй э?ин ылан 10 са?ана дьиэбэр тиийбитим, 12 а?аар диэки Геля кэлбитэ, кини «дьыалабын ?м?р?тэн б?тэрэн эрэбин, мантан киэ?э база?а барабын, онон командировка соруга ситэр» диэбитэ.
– Гелена Салдын оло?ун-дьа?а?ын комбинатыгар атах та?а?ын о?орор сыах сэбиэдиссэйэ эбит. Дьо??о бы?аччы этэрбэс, бачыы?ка биэрэрин билэри? дуо?
– Суох.
– Оттон эйиэхэ эмиэ тугу да биэрбэтэ?э дуо?
– Биир таба ты?а этэрбэ?и харчытыгар атыылаабыта уонна суох.
Элиэнэп бэчээттии олорон туо?уну а?а?астык, араа?а, кырдьыгынан к?рд?р?р диэн санаата, итиэннэ охсорун кубулуппакка кэ?ис гынна: «Салгыы истэбин…»
– Биэс са?ана киэ?э кэлбитэ, миин испиппит (би?иги, ?б?гэлэрбит ?гэ?инэн, киэ?э эт сиэччибит) уонна чаас курдугунан эмиэ аргыста?ан тахсыбыппыт, ахсыс автобу?унан кэлэн мин автовокзал аттыгар т?сп?т?м, кини аа?а барбыта, онтон атыны билэ?ит…
«Эмиэ мунаах суол ??скээтэ, – диэн санаата Захар Захарович туо?у к?рд?р??т?н машинка?а бэчээттээн табыгырата олорон. – Гелена Давыдовтарга сэттэ кэнниттэн, араа?а, а?ыс-то?ус диэки кэлбит. ?ск? алта са?ана Сайсары оройуонугар тиийбит буолла?ына, онуоха диэри ханна сырытта?»
– Давыдовтан ураты балты? Сайсарыга билэр ыаллаах этэ дуо?
– Геля дуо? Бэйи эрэ… Арба, оскуола?а бииргэ ??рэммит дь??гэтэ Винокурова Клара?а сылдьааччы, Гоголь уулуссатыгар олорор.
«?л?р??хс?т? буллубут диэн б?к эрэнэн, ма?найгы силиэстийэни олус да ?рд?нэн-аннынан ыыппыттар. Ол Винокурова сыаналаах сибидиэнньэлэри биэриэн с?п, ба?ар, киэ?э Давыдовтан ураты ?сс? ханна эмэ барыахтаа?ын Гелена киниэхэ эппитэ буолуо…» – Элиэнэп бэчээттээн б?тэн каретканы му?уругар диэри у?а ?тт?гэр аста, итиэннэ машинка ?рд?нэн кыы?ы к?рд?:
– Кими да уорбалаабаккын дуо?
– Давыдовтан ураты суох… кими да…
– Чэ, оччо?о, Капитолина Семеновна, маны аах уонна илиитэ баттаа, – бэчээттээбитин машинкаттан т?л?р?тэн дьахтарга уунна.
Александрова «тугун официальнайай» диирдии ботугураата уонна бэчээттэммити т?ргэн ба?айытык аа?ан элэгэлдьиттэ, илии баттаан эрилиттэ.
Захар Захарович паапканы сейфэ?э хатаата уонна килбэлдьигэс хара тирии сонун Капитолина кэтэригэр к?м?л??? туран ыйытта:
– Капитолина, балты? соно эмиэ маннык ээ, бииргэ ылбыккыт дуу?
– Мин ылбытым. Универмакка атыыланарыгар т?бэ?эн – иккини…
– Тугу эмэ биллэххинэ, Капитолина, кэлэ сылдьаар.
– Та?ара быы?аатын! – дьахтар са?а аллайа т?стэ уонна килбигийбиттии мичээрдээтэ. – Э?иги хонтуора?ытыгар ки?и к?н? с?ннь?нэн ?ктэммэт дойдута буолуо ээ, хата, би?иэхэ сырыт – сынньана, а?ыы, ??к??л??.
Захар Захарович сонньуйан кэбистэ:
– Ы?ырыы? и?ин махтанабын, ол эрээри эн балты? ту?унан туох эмэ сонуну биллэххинэ, биллэриэ? этэ.
– Ээ, ону этэр эбиккин дуу? Биллэн турар, биллэн турар…
ТЕЛЕФОНОГРАММА
Саха АССР прокуратурата, силиэдэбэтэл Элиэнэпкэ. Гражданка Александрова Г.С. кыбартыыратыгар сэтинньи 8 к?нэ буолар т??н?гэр бэчээти алдьатан ки?и киирэ сылдьыбыт. Буруйдаа?ы буларга бары миэрэлэр ылылыннылар.
Салдын куорат прокуратуратын силиэдэбэтэлэ Васюков
«Олох – бу т??л»
Телеграмманы ылаат, Захар Захарович дьыаланы уталыппакка, киэ?э Салдынныырга бы?аарынна. С?м?л??ккэ билиэт ?лэстэ, эбиэт кэмигэр буфекка биир ыстакаан кофены кытта бэрэски сиэн а?аабыта буолла, ол кэнниттэн кабинетыгар киирэн, Александрова дьыалатын са?аттан арыйан барда: «Били??итэ инники хардыы, кыра да сити?ии суох… ?л?р??хс?т Давыдов буолбата?а эрэ дьэ?кэрдэ. Оччо?о кимий? ?л?р??хс?т, саба?алаатахха, бииринэн, Александроваттан тыс к?рд??н баран аккаастаппыт, кинини абаа?ы к?р?р, ?ст?йэр дьон буолуохтарын с?п. Онон тэрилтэтин ?лэ?иттэрин, табаарыстарын кытта ?ч?гэйдик кэпсэтиэххэ. Ким кимиэхэ хайдах сы?ыанна?арын билиэххэ. Икки?инэн, ?л?р к?н?гэр сарсыарда киниэхэ т?л?п??ннээбит ки?и. Гелена Александрова билсэр дьонун, эйгэтин чуолкайдыахха. Кинилэр истэригэр сууттаммыт, хаайыллыбыт, буруйу о?оруон с?пт??х ки?и биир эмэ баар дуо? ?с???нэн, к??лгэ т?бэ?иэх к?рс?б?т к?л?гээттэри бэлиэ?э ылыахха. Туо?улар наадалар. Тулатынаа?ы ыаллары кэрийиэххэ, ба?ар, ити киэ?э Александрованы к?рб?ттэр баар буолаайаллар? ?л??хс?т Давыдовтан то?ус са?ана барбыт, оччо?о т??н ???э ?л??р диэри ханна, кимниин сырытта? Эмиэ туо?улар наадалар…»
Санаатыгар буолан, т?л?п??н ?р? тырылыы т?сп?т?н ма?най со?уйбут курдук к?рд?, онтон туруупканы ылла, к?хс?н этиттэ:
– ?м… Даа, истэбин.
– Захар, – Марианна ??рб?т-к?пп?т куола?а ча?аарыйда. – Син буллум ээ! Дьэ, уочарат да уочарат, арыычча… «Вооружен и очень опасен…»
– Ким?! – Элиэнэп, мэктиэтигэр, ходьох гынна, онтон дьэ ?йд??т?: – Ээ… киинэни этэ?ин дуо? С?п-с?п… Ээ, Марианна, дь??гэ?ин Дусяны илдьэ бар, мин б?г?н Салдынныыр буоллум, командировка?а.
– Оо, эмиэ? – кэргэнэ сибилигин а?ай ??рб?т-к?пп?т куола?а уларыйда.