Сайсары к??лгэ т?бэлтэ
Шрифт:
– Давыдов ата?ын та?а?а туох этэй?
– Хайдах?
– Оттон тугу кэтэ сылдьарай – хааты?ка дуу, бачыы?ка дуу?
– Ээ, – Хамсеев ?йд?? сатаан с????н т?рдэ?иннэрдэ. – Ээй, ?йд??т?м, истээх кирзовай саппыкылаах этэ.
– Э?иги охсуспатаххыт дуо?
– Кимниин? – Хамсеев со?уйан ?р? к?р? т?стэ.
– Давыдовтыын.
– Би?иги? Федькалыын?! Аньыы да?аны.
– Табаары?ы? саппыкыта ол к?н хаан буолбут этэ.
– Аа! – Хамсеев со?уччу са?а аллайда, оройун «лас» гына охсуммутунан ?нд?с гынна. – Ону этэр эбиккин дии! Табаарыс силиэдэбэтэл, биири к?т?пп?пп?н – Федька… ?м… Давыдов арыгы ыларыгар охсу?ан кэлбитэ. «Анаша Чернай
– Кимий ол – Анаша Чернай?
– Черноградскай Ананий, мантан чугас – Софронов уулусса?а олорор.
Элиэнэп о?олор оонньуулларын санаата – кинилэр кистээбиттэрин булаары чуга?аттаххына, «сылаас! сылаас!» диэччилэр. Бу сырыыга оннук сылааска тиийдэ бадахтаах…
– Чэ, с?п, Хамсеев, наада буолларгын эрэ, эйигин ы?ыртарыахпыт. Б?г?н манан кэпсэтэн б?тт?б?т. Бэйи, мин эн эмээхси??иттэн ыйытала?ардаахпын…
Та?ырдьа та?ыстылар, уорааннаах дьиэ и?игэр холоотоххо, ?сс? арыый ичигэскэ дылы. Т?тт?р? хаамсан олбуор алдьаммытыгар н?р?йэн и?эн, Элиэнэп ыйытта:
– Эмээхсини? бу а?а?а?ы хапта?ынынан то?о?олоон, куобах оро?унуу тэпсибит ыллыккытын б??лээбэт дуо?
Хамсеев эргиллибэккэ эрэ кэтит санныларын ыгда?натта уонна муннун анныгар с???д?йдэ:
– Оо, ол кини б??лээбитэ диэн…
Кини этиитин бигэргэтэрдии, эмээхсинэ аймана к?р?стэ:
– Бу сатана ол Биэткэлиин иннэлээх сап курдук суксуру?аллар. Этэ сатаа – тыал тыа?ыныы истэллэр. Хата, ол араатардыырбыттан сал?ан, бэйэм кулгаа?ым сылайда. Куоракка атын сиргэ к????ххэ баар этэ да, син биир ту?а суо?а биллэ-ээр, анараа да дойдуга ба?айылар куустуспутунан бараллар ини…
– О?онньору? ол киэ?э т????? дьиэтигэр киирбитэй?
– Ки-ким? – дьахтар са?аран к?л?мэхтэнэ туран харан ылла, онтон дьэ ?р???нэн кутта-симнэ. – Аа, Хамсыайап дуо? Тойон а?а иннинэн-кэннинэн кэлэр гына тотон, муоста?а таба тирэммэт ки?и то?ус диэки киирбитэ…
– Эмээхсин, т?кс? эрэ… – диэн Хамсеев хаана-сиинэ ыа?ыран, к?рг?йдээн эрдэ?инэ, Элиэнэп бы?а т?стэ:
– Оттон Давыдов ол киэ?э т????? т?нн?б?т?н к?рб?т?? буолаарай?
– Тыый, к?р?м?нэ. Тахса сылдьыбытым ээ, эчи, куттала да бэрт – итирик ки?и дьиэтигэр уоту да т??эриэн, хотуотугар да чачайыан с?п. Э?ин-дь???н буолар ыраахтан ?????! Дьиэ?э киирбитим. Лаампалар бары умайан к?ндээрии – туох ааттаах ??р??т?н-к?т??т?н бэлиэтээн дэлбэрийбиттэрэ буолла… Дабыыдап уол оронугар кууллуу охтубут да, утуйан, муннун тыа?а бап-баччыгынас. Уотун б?т?нн?? умулларан, аанын та?ыттан баттатан барбытым. Сарсыарда а?ыс са?ана уолу нэ?иилэ у?угуннарбытым.
– Оттон баттыгы??
– Ханна барыай – атахтаммата?ына. Ол Дабыыдап уол дьиэтигэр бытыттан ордук туох кэлиэ диэн ордугургуохтарай, уоруйахтары? да, бэйи, быкка-былахыга улаханнык наадыйбаттар ини…
– Киэ?э хас са?ана Давыдовка тахса сылдьыбыккын ?йд??г?н дуо?
– Бээрэ… – дьахтар толкуйдаан, мото?оно курдук тарбахтарын мускунна. – Ии, манна т?нн?н киириибэр, били, «Бириэмэ» кэнниттэн к?ст?б?т киинэ б?тэн эрэрэ, ол аата уон са?ана эбит…
Биологическай экспертиза т?м?гэ
«Черноградскай Ананий Алексеевич хаанын б?л??? – В альфа (III). ?л??хс?т Александрова хаанын б?л???р с?п т?бэ?эр…»
Сайы??ы муора ахтыл?ана
Захар Захарович кы?ы??ы тымтар тымныыга то?он-хатан, аан туманынан будулуйар куорат уулуссатынан харбыала?ан и?эн, ардыгар сайы??ы муораны ахтан-санаан кэлэрэ. Пляж кырылас кума?ар тобус-толору мустубут с?т??лээччилэр ньамала?аллара, к?л??-салыы, аат эрэ харата эппэ?ниир к??х муора урсунугар харбыы?ыттар т?б?л?р? хараары?на?аллара, оттон ???э – мэктиэтигэр, т?гэ?иттэн толбоннура-толбоннура сыдьаайар ки?киниир киэ? халлаантан кы?ыл к?м?с сарда?а охторун к?л?б?рэччи саккыратар к?н уотун к?л?мэх сырдыга, итиэннэ с?рэ?и с??дь?тэр, дуу?аны долгутар истии?-исти? иэйиинэн та?ымныыр таптал тырымнас тыллардаах ырыата кутуллар.
Кабинетын ааныгар к?л?к элэс гыммытын хара?ын кырыытынан к?р??т, силиэдэбэтэл эргиллэ о?уста – то?суйуон дуу эбэтэр а?а?ас аанынан к?нн?р? киириэн дуу саара?наабыттыы, Капитолина тэпсэ?нии турар эбит, кинини к?р?н мичээрдээтэ уонна и?ирдьэ атыллаата:
– Дорообо, аны эн ?лэ?эр к?рс??эр буоллахпыт. Би?иги ?лэбитигэр дьон ба?а ?тт?лэринэн ??рэ-к?т? сынньана кэлэллэр, оттон эйиэнигэр бу… – Капитолина сонньуйа-сонньуйа суумкатыттан бэбиэскэни та?ааран к?рд?рд?.
– Дорообо, дорообо! Со??ун у?ул, олор. Оттон идэбит чаа?ынан эттэххэ, хайабыт да ?лэтэ ту?алаах буолуохтаах, – диэтэ Элиэнэп атын тугу да этиэн булбакка уонна и?игэр Капитолина кэпсэтиини хара ааныттан итинник хайысхалаабытыттан хомойо санаата, дьи?эр, ма?най балта ?лб?т?нэн кутур?анын биллэрэр ба?алаа?а.
– Даа, ха?ан эрэ самаан сайын, Хара муора кытыла баара, оттон билигин бу – бииртэн биир охсуу… – Капитолина ытамньыйда, куру?убалаах кыра но?убуой былаатын у?угунан хара?ын сотто-сотто, ботугураата. – Оо, балтым о?ото, Геля, Геля… Туох хара быа би?игини эккирэппит му?ай… Туох аньыыбыт-харабыт и?ин…
Элиэнэп кини уоскуйарын к??тэн чочумча са?ата суох кумаа?ылары арыйталыы олордо, онтон т?б?т?н ?нд?тт?:
– Бастатан туран, балты? Гелена хомолтолоохтук ?лб?т?нэн дири? кутур?аммын тиэрдэбин. Икки?инэн, бэйэ? да сэрэйдэ?и? – бу дьыаланы мин силиэстийэлиибин, онон ыйытыыларбар дьэ?кэтик уонна чопчу эппиэттиэ? диэн эрэнэбин. Мин ба?ам, Капитолина, ?л?р??хс?т? т?ргэнник булуу…
– Хайдах? – дьахтар былаатын хара?ыттан арааран кинини к?р? т?стэ. – Оттон ?л?р??хс?т к???ннэ диэбиттэрэ дии…
– Ким? – Элиэнэп ыйыта о?уста.
– Оттон, ити… милииссийэ?э. Мин бара сылдьыбыппар эппиттэрэ – Давыдов Федор диэн…
– Ол – ал?ас. Давыдов бу дьыала?а буруйа суо?а дакаастанна диир кыахтаахпыт.
– Хайдах? – Капитолина чахчы со?уйбут к?р??нэннэ, уу-хаар бычылыйбыт харахтара кэ?ээтэ, бэйэтэ сирэйдиин уларыйарга дылы гынна. – Кини та?а?ыгар, бэл, Геля хаана таммалаабыт диэбиттэрэ дии, уонна хайдах… Ол Давыдов тойооскуну билэбин, биирдэ Геля би?иккини бы?а?ынан анньаары тэлэкэчийбитэ ахан, Геля онтон сылтаан Салды??а к?сп?тэ.
Элиэнэп т?л?п??н тырылаабытын ылла, Марианна киэ?э «Лена» кинотеатрга киинэ?э билиэт ылабын дуо диир.
– Ыл, – диэтэ Захар Захарович уонна туруупканы уурарыгар, бэйэтиниин кэпсэтэрдии, оргууй а?ай са?арда: – Билигин экспертиза кыа?а с?рдээх улахан. Холобур, хаан ки?и дуу, кыыл дуу киэнэ буоларын бы?аарары аа?ан, эр ки?и дуу, дьахтар дуу киэнэ буоларын, итиэннэ ки?и этин ханнык чаа?ыттан тохтубутун кытта чуолкайдыахпытын с?п. Онон хатылаан о?о?уллубут экспертиза Давыдов саппыкытыгар би?иллибит хааны эр ки?и муннуттан таммалаабыт диэн т?м?к о?ордо. Ону та?ынан кини дьиэтигэр к?ст?б?т ?с бы?ахха хаан ханнык да эттигэ да, ки?и этин эбэтэр тириитин ута?а да к?ст?бэтэ.